Умналааһын диэн тылга өйбөр тута аһыыр-таҥнар кыһалҕаҕа ылларбыт киһи ыксаан дьонтон көрдөһүүтэ кэлэр. Ол эрээри, кэлиҥҥи кэмҥэ эдэр-сэнэх, үлэлиир-хамсыыр кыахтаах, социальнай ситимҥэ киэҥник биллэр дьон умналыыр буолбуттара сөхтөрөр. Сирэйэ-хараҕа суох дьонтон харчы көрдүүллэр уонна ону өйөбүлүнэн ааттыыр буолбуттар. Аһымал аахсыйанан сирэйдэнии Улахан, ыарахан ыарыыга, кыһалҕаҕа ылларбыт дьон көмө көрдөөн суруйууларын киһи өйдүүр. Барахсаттар, каарталарын […]
Умналааһын диэн тылга өйбөр тута аһыыр-таҥнар кыһалҕаҕа ылларбыт киһи ыксаан дьонтон көрдөһүүтэ кэлэр. Ол эрээри, кэлиҥҥи кэмҥэ эдэр-сэнэх, үлэлиир-хамсыыр кыахтаах, социальнай ситимҥэ киэҥник биллэр дьон умналыыр буолбуттара сөхтөрөр. Сирэйэ-хараҕа суох дьонтон харчы көрдүүллэр уонна ону өйөбүлүнэн ааттыыр буолбуттар.
Аһымал аахсыйанан сирэйдэнииУлахан, ыарахан ыарыыга, кыһалҕаҕа ылларбыт дьон көмө көрдөөн суруйууларын киһи өйдүүр. Барахсаттар, каарталарын нүөмэрин, реквизиттэрин барытын суруйан социальнай ситим киэҥ эйгэтигэр тарҕаталлар. Ол эрээри, маннык түгэҥҥэ көмөлөһөр эрэ киһи көмөлөһөр. Оттон дойду үрдүнэн баар улахан куорат блогердара видеоҕа устан көмө көрдөөн, оннооҕор кирэдьииттэрин саппыт түгэннэрэ баар. Москваҕа олорор блогер кыыс кирэдьиитин сатаан төлүүр кыаҕа суоҕун, дьиэ кэргэн улахан кыһалҕаҕа ылларбыт устуоруйатын суруйан мөлүйүөннээх кирэдьиитин аҕыйах күн иһигэр саба охсубут.
“Умналааһын” саҥа муодатын биһиги дьоммут эмиэ үтүктэн эрэллэр. Ол курдук, аһымал аахсыйанан сирэйдэнэн блогердар элбэх сурутааччыларын туһанан дьонтон харчы суйдуулларын тус бэйэм олох ылыммаппын. Дьиҥ кыһалҕалаах дьон маннык видео устан тарҕаппаттара буолуо. Биир мөһөөҕү ыытыы омос көрдөххө, уустуга суох. Сокуон хараҕынан көрдөххө, ханнык баҕарар дохуот нолуоктаныахтаах. Ол иһин үгүстэр нолуок төлөөмөөрү социальнай ситим нөҥүө быһа эпииргэ тахсан көмө көрдүүллэр.
Биир чааскы кофены харыһыйымаҥУмналааһын трендэ Саха сиригэр начаас кэлэ оҕуста. Киһи кыһыйыаҕа, ситиһиилээх, биллэр-көстөр да дьон бу өҥөнү туһана сатыыллар. Ол курдук, биир саха кыыһа “Биир мөһөөх баара-суоҕа биир чааскы кофе сыаната” диэн суруйан иэстэрин төлөһөрүгэр харчы көрдөөбүт. Аһыныгас, мөһөөҕү харчынан аахпат дьон харса суох ыыталаабыттар. Көмө көрдүүр кыыс массыыналаах, дьиэлээх, тас дойдуга сынньана барар кыахтаах. Оттон сорох дьон куортамнаан олорор, массыыналара суох, сынньалаҥ туһунан санаабат да буолуохтаахтар. Дьиҥ кыһалҕаҕа ылларбыт киһи иэстээҕин, куортамнаан олорорун бэйэтин кыаҕынан быһаара сатыыр диэн психологтар бэлиэтииллэр. Кыахтаахтык олорор эрээри, ытанар дьон эмиэ баар буолалларын ыйар.
“Тото-хана аһыы сылдьан харчы көрдөөтүбүт эрэ…”Социальнай ситимҥэ эдэркээн кыыс: “Миэхэ 5000 киһи 100‑түү солк. ыыттаҕына, мин, 300‑й крузак ылыныам. Верю в силу инстаграма*” диэн туһаайыытыгар биир ааҕааччы: “Тото-хана аһыы сылдьан харчы көрдөөтүбүт эрэ…”, — диэн суруйбут. Чахчы, аас-туор олох кэмэ буолбатах. Тото-хана аһыы сылдьан маннык умналыыр сүрэ да бэрт. Умналаан туран сыаналаах массыынаны атыылаһа сатыыр сиэргэ баппат.
Социальнай ситимҥэ маны сэргэ, сорох дьон донат диэн ааттаан, тугу эрэ атыылаһаары эмиэ харчы көрдүүр түгэннэрин биирдэ эмит түбэһэ көрөн аһарааччыбын. Бу көстүүнү эмиэ умналыыр диэҥҥэ киллэриэххэ сөп. Өскөтүн, харчыҥ, кыаҕыҥ тиийбэт буоллаҕына, тоҕо сыаналаахха дураһыйар нааданый? Уйулҕа үлэһиттэрэ киһи бэйэтин кыаҕынан, таһымынан олох олоруохтаах дииллэр. Ис турук кыһалҕата киһи бэйэтин толору сананарыгар мэһэйдиириттэн тахсар дииллэр. Сыаналаах мал-сал киһи бэйэтин толору сананарыгар көмөлөһөр кыаҕа суох.
Сокуон хараҕынанРФ гражданскай кодексатын 582 ыст. аһымал көмөнү “малы-салы бэлэх, босхо биэрии эбэтэр уопсай туһалаах сыалга-сорукка туһаайыы” диэн көрөр. Сүрүн сыала — уопсай туһаҕа дэнэр. Ол эбэтэр аһымал көмө тус наадаҕа, барыска буолбакка, уопсай сыалга туһуланар. Физическэй сирэй тус счета бу ирдэбилгэ эппиэттээбэт. Өскөтүн, көмө харчы “аһымал көмө” диэн суруллан тус сирэй счетугар тиийэр буоллаҕына, юридическай өттүнэн кыһалҕа үөскүөн сөп. Быраабы араҥаччылыыр уорганнар манна түөкүннээһини, сокуону кэһэн туран барыһырыыны булуохтарын сөп. Төһө да үтүө санааттан көмө харчы хомуйар буоллахха, тус счекка кэлэн түспүт харчы быраабыланы эрэ кэһии буолбакка, административнай эбэтэр холуобунай эппиэтинэскэ тиэрдэр дьайыы буолар. ХЭУо эбэтэр ИП (урбаанньыт) — бу кэмиэрчэскэй тэрилтэлэр буолаллар. Кинилэр сыаллара-соруктара — үбү-харчыны киллэрии. Маннык тэрилтэлэргэ сокуон хараҕа чуолкай, кытаанах быраабылалары киллэрэр. Ол курдук, кинилэр ханнык да балаһыанньаҕа физическэй да, юридическэй да сирэйдэртэн аһымал көмөнү хомуйар кыахтара суох. Хампаанньа үһүс сирэйгэ киирбит дохуотуттан нолуок төлөөн эрэ баран, аһымал көмөнү оҥоруон сөп. Ол эрээри, бу хампаанньа биир өрүттээх дьайыыта буолуон сөп, хайдах да аһымал көмөнү хомуйуу буолуо суохтаах. Өскөтүн, аһымал көмөнү хомуйан саҕалаата да, сокуону кэһэн туран үп-харчы дьайыытын оҥорбут буолан тахсар. Арассыыйа сокуонугар “донат” диэн тиэрмин ситэ киирэ илик. Юридическэй донаттар гражданскай кодекс 572 ыст. эбэтэр сиэртибэлээһин диэнинэн 582 ыст. эрэ харчыны ыытарга учуоттуохха сөп. Федеральнай нолуогабай сулууспа дааннайынан, Арассыыйаҕа олорор стримердэр, блогердар 35%-нара бэйэ дьарыктаах уонна урбаанньыт быһыытынан официальнай регистрацияны ааһан эрэ баран донат хомуйаллар эбит. Онон биһиэхэ харчы хомуйан массыына атыылаһа сатыыр, кирэдьииттэрин дьонтон умналаан саба сатыыр дьон бу туһунан толкуйдуохтарын сөп. Тоҕо диэтэххэ, бобуулаах социальнай ситимнэр нөҥүө дьонтон харчы хомуйар быраабыланы кэһии буолуон сөп.
Арассыыйаҕа үп-харчы дьыалатыгар биллэр-көстөр эспиэр Екатерина Соловьева быһаарбытынан, 100 тыһ. солкуобайтан элбэҕи хомуйдахха, үп-харчы хантан хомуллубутун бааҥҥа, нолуогабайга быһаарарга бэлэм буолуҥ диир. Дойдуга бобуулаах платформалартан, социальнай ситимнэртэн быһа сибээскэ тахсан, бэйэ тус счетугар харчы хомуйуу иһин эппиэтинэскэ тардыллыахха сөбүн бэлиэтиир.
САНААЛАР
Татьяна Иванова, элбэх оҕолоох ийэ:
— Туора дьонтон харчы хомуйары мин утарабын. Хас биирдии киһи кыһалҕалаах, кирэдьииттээх, ипотекалаах, дьиэ кэргэннээх. Харчы хомуйа-хомуйа бары кирэдьииппитин сабар буоллахпытына, оттон бары кыттыһан уопсай аһаан-сиэн ситэри олорбоппут дуо диэн санаа кэлэр. Мин элбэх оҕолоох соҕотох ийэ кимтэн да харчы көрдөөбөккө, син уҥа-хаҥас бырахсан олоробун, кыаҕым тиийэринэн икки сиринэн сүүрэ сылдьан үлэлиибин. Киһи олорор усулуобуйатын бэйэтэ оҥостор. Халлаантан кэлэн түһэрин күүтэн олорор эбэтэр дьонтон умналыыр санаам суох. Ити блогердарбыт наһаа өрө баран аны сурутааччыларын туһанан харчылаһаары гыммыттар дии. Бу олоххо буор-босхо туох даҕаны кэлбэт, киһи көлөһүнүн тоҕон, бэйэтэ сыралаһан үлэлээн-хамсаан олорбута ордук дии саныыбын.
Георгий Попов, Дьокуускай олохтооҕо:
— Кыһалҕалаахха харчы хомуйуутугар туох да куһаҕаны көрбөппүн. Ким баҕалаах көмөлөһөр буоллаҕа. Элбэх буолан кыралыы харчыны бырахсан дьоҥҥо көмөлөһөр туох да куһаҕана суох. Араас аһымал кэнсиэртэр, харчы хомуйуутун эҥин туһунан социальнай ситимҥэ тарҕанааччылар дии. Син биир ол курдук буоллаҕа. Ол эрээри, улахан кыһалҕалаах эрэ дьоҥҥо эмтэниигэ, баһаарга эмсэҕэлээбиттэргэ хомуйуохха сөп. Ким эрэ саҥа саҕынньах дуу, массыына дуу атыылаһарыгар кыттыһар олох сыыһа.
*Инстаграм — Meta тэрилтэ бас билиитэ, РФ-ка экстремистскэйинэн ааҕыллан бобуллубута (признана экстремисткой организацией, ее деятельность запрещена в России)
| # | Наименование новости | Тональность | Информативность | Дата публикации |
|---|---|---|---|---|
| 1 | Тоҥуй, хаҕыс уонна кырыктаах сыһыан… | 0 | 23.22 | 15-08-2026 |
| 2 | Тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр эппиэттээх күннэр | 0 | 5 | 12-07-2026 |
| 3 | Чыамайыкыга окко туһанар сэлээркэлэрэ баара эрэх-турах курдук… | 0 | 5 | 12-07-2026 |
| 4 | Семен Луканси: “Дьону кытары алтыһарым – улахан дьол” | 0 | 23.55 | 15-08-2026 |
| 5 | Сүбэһит: Үбү-харчыны сөпкө туһаныахха | 0 | 16.84 | 15-08-2026 |
| 6 | Монголияҕа саха атын үрүҥ көмүс симэҕэ сөхтөрдө | 0 | 5 | 12-07-2026 |
| 7 | «Хара үлэ» – хары күүһэ сыаналаныахтаах | 0 | 21.38 | 15-08-2026 |
| 8 | Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 4 түбэлтэтэ таҕыста | 0 | 22.07 | 15-08-2026 |
| 9 | “Ходуһа хоһууттара” кимнээҕий? | 0 | 22.99 | 15-08-2026 |
| 10 | ЧАДААНАГА КҮС КЕЛИРГЕ-ЛЕ тывалар ыглажып-ла эгелээр. Байлар-даа, бөдүүн-даа улус, арта ... | 0 | 12.72 | 29-07-2026 |